Warning: mkdir(): No space left on device in /var/www/tgoop/post.php on line 37

Warning: file_put_contents(aCache/aDaily/post/uriysleptsov/-3071-3072-3073-3074-): Failed to open stream: No such file or directory in /var/www/tgoop/post.php on line 50
Юрий Слепцов. Главные новости Намского улуса@uriysleptsov P.3071
URIYSLEPTSOV Telegram 3071
Дойду Президенэ Владимир Путин «Дьокуускай куорат төрүттэммитэ 400 сылын бэлиэтээһин туһунан» Ыйаахха илии баттаата. Бу дьоһуннаах докумуон Нам улууһугар ураты уонна бэлиэ суолталаах буолар.

Историяны сэгэтэн көрдөххө, Дьокуускай куорат төрүттэниитэ Нам улууһун кытта ыкса ситимнээх. Ол курдук, 1632 с. Петр Бекетов баһылыктаах нуучча хаһаахтара Саха сиригэр Өлүөнэ өрүһүнэн бастаан устан кэлиилэригэр нэһилиэнньэ ийэ-аҕа уустарынан тарҕанан олороро. Эҥсиэли хочотугар өрүһүнэн устан Мымах тойон оттуур «Кулун тутар» сиригэр II Хомустаах нэһилиэгин «Буойун» учаастагар тохтоон олохсуйарга сананаллар. Хаһаахтар Ленскэй диэн аатынан острог тутуутун саҕалаан, күһүн балаҕан ыйыгар бүтэрэллэр уонна онно кыстыыллар. Бу острог Дьокуускай куорат бастакы олоҕо буолар, онон киин куорат төрүттэммитэ 1632 сылтан ааҕыллар.

Бу сыллар тухары – түөрт үйэ кэриҥэ Саха сирэ модун Россия састаабыгар киирэн олох бары хайысхатыгар үүннэ-сайынна. Ол иһигэр Наммыт улууһугар сайдыы суола тэтимнээхтик барар, биир дойдулаахтарбыт олохторун уйгута тупсар.

Владимир Владимирович судаарыстыбаннай былаас уонна олохтоох салайыныы уорганнарын бу бэлиэ күҥҥэ бэлэмнэниигэ уонна ыытыыга кытталларыгар ыҥырда. Онон, 2032 сылга Дьокуускай куорат 400 үбүлүөйдээх сылын бары бииргэ сайдыылаах, инники эрэллээх олорон бэлиэтиэхпит.

https://www.tgoop.com/uriysleptsov

tgoop.com/uriysleptsov/3071
Create:
Last Update:

BY Юрий Слепцов. Главные новости Намского улуса

Share with your friend now:
tgoop.com/uriysleptsov/3071

View MORE
Open in Telegram

Telegram News

Date: |

The public channel had more than 109,000 subscribers, Judge Hui said. Ng had the power to remove or amend the messages in the channel, but he “allowed them to exist.” The SUCK Channel on Telegram, with a message saying some content has been removed by the police. Photo: Telegram screenshot. Unlimited number of subscribers per channel Ng, who had pleaded not guilty to all charges, had been detained for more than 20 months. His channel was said to have contained around 120 messages and photos that incited others to vandalise pro-government shops and commit criminal damage targeting police stations. It’s easy to create a Telegram channel via desktop app or mobile app (for Android and iOS):
from us

Telegram Юрий Слепцов. Главные новости Намского улуса
FROM American