Warning: mkdir(): No space left on device in /var/www/tgoop/post.php on line 37

Warning: file_put_contents(aCache/aDaily/post/suntaar_ulus/-11540-11541-11542-11543-11544-11545-11546-11547-11548-11549-): Failed to open stream: No such file or directory in /var/www/tgoop/post.php on line 50
СУНТАРСКИЙ УЛУС 🕊️🕊️🕊️@suntaar_ulus P.11541
SUNTAAR_ULUS Telegram 11541
Аллыҥалар саҥа баһылыгы биир санаанан таллылар.

🔹️🔹️🔹️Балаҕан ыйыгар ыытыллыбыт биир кэлим быыбар күнүгэр Аллыҥалар куоластааһыҥҥа күргүөмүнэн кытыннылар уонна эдэр салайааччыга Кирилл Гаврилович Марковка 95, 5%-ны биэрдилэр. Бүгүн манна саҥа баһылык солотугар киирэр сиэрэ-туома ыытылынна.

Кирилл Марков анал идэни баһылаан, үөрэх эйгэтигэр 18 сыл устата, ол иһигэр Түбэй-Дьаархан, Аллыҥа оскуолаларын дириэктэринэн үлэлээн, бэйэтин сатабыллаах салайааччы быһыытынан көрдөрдө. Ол түмүгэр Аллыҥа дьоно-сэргэтэ биир сомоҕо буолан өйөөтүлэр, үрдүктүк сыаналаатылар.

Аллыҥа нэһилиэгэ ордук төрүт дьарыгы өрө тутан, тыа хаһаайыстыбатын сайыннаран уонна кэлиҥҥи сылларга спорт түһүлгэлэригэр өрөгөйдөөн бэрт сэргэхтик дьаһанан олорор. Нэһилиэги 15 сыл устата Николай Васильевич Спиридонов салайан кэллэ. Кини бу сыллар устата нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбатын тупсаран, саҥа саҕахтары арыйан, сайдыыны түстээн, нэһилиэк аата-суола республикаҕа дорҕоонноохтук ааттанарын ситиспитэ.

"Убайыҥ Николай Васильевич нэһилиэги үтүө суобастаахтык достойно салайда. Онон эн эмиэ дьон-норуот туһугар үлэлиэҥ диэн эрэнэбит" - диэтэ нэһилиэк кырдьаҕас олохтооҕо Юрий Петрович Евсеев.
👍74

tgoop.com/suntaar_ulus/11541
Create:
Last Update:

BY СУНТАРСКИЙ УЛУС 🕊️🕊️🕊️

Share with your friend now:
tgoop.com/suntaar_ulus/11541

View MORE
Open in Telegram

Telegram News

Date: |

Hui said the time period and nature of some offences “overlapped” and thus their prison terms could be served concurrently. The judge ordered Ng to be jailed for a total of six years and six months. Earlier, crypto enthusiasts had created a self-described “meme app” dubbed “gm” app wherein users would greet each other with “gm” or “good morning” messages. However, in September 2021, the gm app was down after a hacker reportedly gained access to the user data. With the administration mulling over limiting access to doxxing groups, a prominent Telegram doxxing group apparently went on a "revenge spree." Done! Now you’re the proud owner of a Telegram channel. The next step is to set up and customize your channel. During the meeting with TSE Minister Edson Fachin, Perekopsky also mentioned the TSE channel on the platform as one of the firm's key success stories. Launched as part of the company's commitments to tackle the spread of fake news in Brazil, the verified channel has attracted more than 184,000 members in less than a month.
from us

Telegram СУНТАРСКИЙ УЛУС 🕊️🕊️🕊️
FROM American