SUNTAAR_ULUS Telegram 11504
Кэрэ эйгэлээх, айымньылаах дьон - култуура үлэһиттэрэ.

🎤🎶Култуура үлэһиттэрэ былыр-былыргыттан дьон көҕүн тардан, агитбиригээдэ тэринэн, үлэни көҕүлүүр, дьону сомоҕолуур, олохтоохтор сүргэлэрин көтөҕөр дьонунан буолаллара. Билигин да, дьон өйө-санаата, духуобунай, култуурунай сайдыыта үрдүктүк сыаналанан турар кэмигэр, кинилэр үлэлэрэ олус тоҕоостоох, наадалаах уонна улахан суолталаах.

Бүгүҥҥү күҥҥэ Сунтаар улууҺугар музей, библиотека, тыйаатыр, култуура дьиэлэрэ, барыта 31 тэрилтэ баар. Манна 360 киһи үлэлиир. Кинилэр олохтоохторго кэрэ көстүүнү, умнуллубат түгэни бэлэхтиир, настарыанньаны көтөҕөр, духуобунас өттүнэн байытар туһугар утуйар ууларын умнан туран, түүннэри-күнүстэри үлэлииллэр, саҥаттан саҥа бырайыактары олоххо киллэрэллэр. Кэлиҥҥи сылларга "Култуура" национальнай бырайыагынан уонна республика, улуус анал программаларынан үлэлиир усулуобуйа тупсар, нэһилиэктэргэ саҥа эбийиэктэр тутуллаллар.

Бүгүн Сибиэрэп киинигэр норуот төрүт үгэһин, култууратын, устуоруйатын араҥаччылыы, дьоҥҥо тарҕата сылдьар култуура үлэһиттэрин чиэстээтилэр, маны тэҥэ улуус баһылыга Анатолий Григорьев, депутаттар Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Ульяна Попова кыттыылаах сүбэ-мунньах ыытылынна. Манна 2025 сыллааҕы үлэни түмүктээн, саҥа соруктары туруордулар, бастыҥ үлэһиттэри чиэстээтилэр.

Култуура үлэһиттэрэ быйыл норуот тумулук туттар сүдү киһитэ - Сэргэй Сибиэрэп - Кыыл Уола төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах араас таһымнаах тэрээһиннэри кыайа-хото туттулар, үйэлээх үлэлэри ыыттылар. Инникитин да саҥа саҕахтар арылла турдуннар.

🚀@suntaar_ulus
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍86

tgoop.com/suntaar_ulus/11504
Create:
Last Update:

BY СУНТАРСКИЙ УЛУС 🕊️🕊️🕊️

Share with your friend now:
tgoop.com/suntaar_ulus/11504

View MORE
Open in Telegram

Telegram News

Date: |

To view your bio, click the Menu icon and select “View channel info.” Users are more open to new information on workdays rather than weekends. Done! Now you’re the proud owner of a Telegram channel. The next step is to set up and customize your channel. 2How to set up a Telegram channel? (A step-by-step tutorial) Add up to 50 administrators
from us

Telegram СУНТАРСКИЙ УЛУС 🕊️🕊️🕊️
FROM American